Улуу кыайыы кунунэн открытка

Ытыктабыллаах Таатта улууһун Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын огдооболоро, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро уонна бары олохтоохтор!

Улуус дьаһалтатын уонна тус бэйэбит ааппытыттан эһигини Улуу Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Аан дойду устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах, ыар сүтүктээх, харах уулаах уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан баҕар норуоттарга Ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Билигин Арассыыйаҕа төһө да уустук балаһыанньа үөскээтэр, эһэлэрбит холобурдарынан кыайыыга саарбаҕалаабаппыт, Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт, туох баар кыахтарын ууран, этэҥҥэ төннөн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Бүгүҥҥү Ытык бырааһынньыгынан эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, баай-талым олоҕу баҕарабыт!

А.С. Бурцев, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга.

4

Төһөлөөх сыранан, көлөһүн түһүүтүнэн, өлүүнэн-сүтүгүнэн кэлбит күнүй? Биһиги көлүөнэ дьоно бу күнү олус сыаналыыбыт, умнубаппыт, киэҥ туттабыт! Кыайыы өйдөбүлэ өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиллэр.

Кыайыы 79 сылын бэлиэтиир күн биһиги модун дойдубут үрдүнэн ыытыллар. Билиҥҥи көлүөнэ оҕотугар Аҕа дойду  1941-45 сыллаах сэриини, Кыайыыны  кэпсииргэ матырыйаал бөҕөтө элбэх. Өрөспүүбүлүкэбит киин телевиденията бу күн сарсыардаттан араас биэриилэри, документальнай  киинэлэри көрдөрөр, саха саллааттара сэриигэ хорсун быһыыларын туһунан  туһалаах сэһэргэһиилэри  сылын аайы хатылаан, эбэн таһаарар.

Биһиги улууспутугар хас биирдии дьиэ кэргэнтэн саҕалаан тэрилтэ аайы араас туһалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Билиҥҥи олоххо саҥа информационнай технологиялары туһанан коллективтар  түргэнник элбэҕи хабан  кэпсиир, араас дойду, республика акцияларыгар кыттар, оҕолорго кыайыы туһунан кэпсиир.

Оскуолаҕа бу күн сарсыардаттан оҕо чоргуйбут куолаһа, сүүрүү-көтүү. Уоттаах сэрии ортотунан ааспыт, Кыайыыны аҕалбыт буойуттар мэтириэттэринэн киэргэммит көрүдүөр, оскуола араас муннугар, кылааһыгар георгиевскай лиэнтэни түөстэригэр иилиммит оҕолор буолуохтаах тэрээһиҥҥэ  бэлэмнэниилэринэн туолбут. Ким эрэ хос эһэтин кэпсээн чоргуйар, ким эрэ хоһоон ааҕар, ырыа ыллыыр, ким былааҕы тутан үөрүүлээх линейкаҕа киллэрэр чиэскэ тиксэн, хаамыытын чочуйар, ким эрэ уруһуй күрэҕэр кыттан уруһуйун ситэрэр. Оскуола иһэ оргуйан олорор… Биир да мүнүүтэ бокуойа суох, барыта былаанынан тиһиллэн, кэмигэр оҥоһуллары учуутал ирдээн, хобулуга тоһугуруур.

Быйыл биһиги кылаас арыый улаатан, Кыайыы өйдөбүлүн чиҥник киллэринэн бэйэбит кылааппытын, ытыс саҕа да буоллар, үтүө дьыаланан саҕалаатыбыт. Бу күннэргэ кылаас аҕалара уолаттарын илдьэ сылдьан куруппааскылаан, куобахтаан, ийэлэрбит үргээн, ветераннарга илэ бэйэлэрин бултарын туттараннар, харахтара уоттанан, ветераннар махталларын ылан киэҥ туттан, хоһоон ааҕан Кыайыы күнүн атаардылар.

Сылын аайы педагогическай үлэ ветерана, сэрии о5отугар Наталья Ивановна Антоноваҕа сылдьабыт. Кини кыра кылаас учуутала, оҕо болҕомтотун тардар кэпсээннэрин истээри оҕолор баралларын сылын аайы кэтэһэллэр. Мэтээлин имэрийэ-имэрийэ сыллаталлар да, сыллыыллар да. «Биһиги эбээбит» диэн минньигэстик ыҥыраллар.

Тыыл бэтэрээнигэр Мария Михайловна Андросоваҕа бэлэхпитин тириэртибит.

Оҕолор улуустааҕы библиотекаҕа уонна түмэлгэ сылдьан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, иһиттилэр. Любовь Васильевна Кыайыы өйдөбүлүн көтөрүн туруйаны кумааҕынан оҥоро үөрэттэ.

Төһө да сэрии диэн билбэтэллэр, ааҕан, араас кэпсээни истэн, өйдөбүллэрэ кэҥиир. Телевизорга биир учуутал «вот это поколение-последнее поколение, которое будет знать о Победе ВОВ» диэбитин сонньуйа истибитим. Мин санаабар, бачча өйдөбүл үлэтэ барарын кэннэ, тоҕо умнуохтарай? Ол барыта бу бүгүн 79 сылы быһа сэриитэ суох олорор хас биирдии киһиттэн тутулуктаах.

Эрэнэбин кэлэр көлүөнэ ыччата Улуу кыайыыны уһансыбыт буойуттарбыт, тыыл улэһиттэрбит хаалларбыт кылааттарын умнуохтара суоҕа, ессе да үөрэтиэхтэрэ, олох атын таһымҥа таһаарыахтара!

Елена Михайловна Бетюнская, 2 «а» кылаас учуутала МБОУ «Саскылахская СОШ»

Күндү Тумул нэһилиэгин олохтоохторо!
Барыгытын кэрэ бэлиэ бырааһынньыгынан — Кыайыы күнүнэн итиитик-истиҥник олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэлиибит! 

Ийэ дойдуларын көмүскэспит биир дойдулаахтарбытын — уот сэрии толоонугар тиийэн кыттыыны ылбыт сэрии бэтэрээннэрин, тыыннарын былдьаппыт хорсун саллааттарбытын, ыарахан үлэҕэ сыраларын бараабыт тыыл бэтэрээннэрин, сут дьыл кэмигэр күн сирин көрбүт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэх сэрии оҕолорун — үтүө ааттарын үйэтитэр, тус олохторунан, дьоллорунан сиэртибэлээбиттэрин сыаналыыр, эйэлээх олоҕу харыстыыр биһиги ытык иэспит буолар. Кинилэр бары биир сомоҕо буолан өрөгөйдөөх кыайыыны уһансыбыт буоланнар — биһиги күн сырдыгын, халлаан ырааһын, сир-дойду кэрэтин, олох дьолун билэбит. 

Баҕарабыт барыгытыгар чэгиэн-чэбдик сылдьаргытыгар, эйэлээх буоларгытыгар, дьоллоох-соргулаах олохтоноргутугар!
Хаһан да сэрии буолбатын, хаан тохтубатын!!
📍Акцияҕа кыттыыны ылбыт үтүө санаалаах биир дойдулаахтарбытыгар барҕа Махтал буолуохтун

Аҕа дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро!

Саха сирин күндү олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылын туолар өрөгөйдөөх күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-­истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх. Улуу Кыайыы күнэ – элбэх омуктаах норуот сүдү күүһүн уонна модун санаатын кэрэһитэ буолар. Арассыыйа олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, холооно суох хорсун быһыыларыгар сүгүрү­йэбит.

Тоҥор, аччыктыыр диэни аахсыбакка, күлүм да гынар түгэҥҥэ саарбахтыыр санааҕа ылларбакка, сырдык олоххо эрэли сүрэхтэригэр бигээн аҕалбыт чугас дьоммутун ахтан-санаан ааһабыт. Ол аймалҕаннаах кэмҥэ 62 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕо Аҕа дойдуну көмүскүүргэ туруммута. Аҕаларбыт, эһээлэрбит, убайдарбыт, бырааттарбыт алаастартан, нэhилиэктэртэн уонна куораттартан уоттаах сэ­­риигэ барар ыллыктара Улуу Кыайыыга суолу тэлбиттэрэ. Кинилэр хабыр хапсыһыы уоттаах холоругун ааспыттара, төрөөбүт сирдэригэр чиҥник үктэнэн Кыайыы өрөгөйүн бэйэлэрин эрэ дойдуларыгар буолбакка, Европа, Азия дойдуларыгар эмиэ аҕалбыттара. Биһиги биир дойдулаахтарбыт халабырдьыт фашистары кытта хорсуннук сэриилэспиттэрэ, бэргэн ытааччы быһыытынан биллибиттэрэ. Аҥаардарыттан ордуга уот­таах сэрии хонуутугар букатыннаахтык хаалбыта. Тыылга хаалбыт кырдьаҕастар, оҕолор, ийэлэр бэриниилээх, сыралаах үлэлэринэн Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Төрөөбүт дойдуларыгар төннөн кэлбит саллааттар оччотооҕу кэм уустуктарын аахсыбакка, эйэлээх олоҕу тутуспуттара.

Кыайыы сөҕүмэр дьүккүөрүнэн, сүҥкэн сүтүгүнэн ситиһиллибитэ. Биһиги норуоппут халбаҥнаабат модун санаалаах, хоһуун уонна хорсун эрэ буолан, ол хабараан сыллары тулуйбута. Онон биһиги Аҕа дойдуну көмүскээбит ытык дьоммут сырдык кэриэстэрин харыстаан, эдэр көлүөнэлэргэ иэдээннээх сэрии туһунан кырдьыгы тиэрдэр ытык иэстээхпит. Ыччаты иитиигэ Кыайыы саллаатын Ийэ дойдуга таптала мэлдьи холобур буолуохтаах.

Бүгүн аан дойду бүтүннүүтэ өтөрүнэн биллибэтэх тургутууну көрсүбүт кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, дойду бары олох­тоохторун курдук, бэйэ-бэйэлэригэр уонна кыһалҕалаахтарга күүс-көмө буолан, бэтэрээннэргэ уҕараабат кыһамньыларын ууран, үтүө са­­нааланыыны көҕүлүүллэр. Аҕа көлүөнэ холобуругар тирэҕирэн, бары ыарахаттары бииргэ туо­руохпут! Улуу Кыайыы күнэ өссө төгүл сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу күүһүн билэрбитигэр, норуоппутунан киэн туттарбытыгар, санаабытын бөҕөргөтөрбүтүгэр кыаҕы биэрэр, тапталлаах Ийэ дойдубут чэчирии сайдарын туһугар айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр!

Аҕа дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро! Хорсун-хоодуот быһыыгыт, килбиэннээх үлэҕит иһин эһиэхэ сүгүрүйэбит! Үрдүбүтүгэр эйэлээх халлаан баарыгар эһиэхэ махтанабыт! Кыайыыны уһансыбыттарга уруй-айхал буоллун!

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу уонна уһун олоҕу, эйэҕэс сыһыаны уонна этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна үтүөнү, эйэни уонна айар-тутар кыаҕы баҕарабын! Бу дьоһун суолталаах бэлиэ күн ­эһиэхэ күүһү-уоҕу, эрчими, тулууру эптин, санааҕытын бөҕөргөттүн! Улуу Кыайыы күнүнэн!

Айсен НИКОЛАЕВ,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын эттэринэн-хааннарынан билбит ытыктабыллаах бэтэрээннэр, сэрии сылын оҕолоро!

Мэҥэм сирин күндү олохтоохторо!

Ыам ыйын 9 күнэ биһиги дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара.

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын билбэтэх ыал биһиэхэ суох. Саха сирин олохтоохторо, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Кыайыы туһугар күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара.

Бүтүн аан дойду историятын хаамыытын уларыппыт, киһи аймах дьылҕатыгар бүтүннүү дьайбыт Улуу Кыайыы суолтата намтаабат, дьон өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан ыччаттан ыччакка бэриллэн иһэр.

“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн үрдүк тыл үйэлэри уҥуордаан, кэнэҕэс кэнчээри ыччат сүрэҕин-быарын сылааһыгар киирэн, килбиэннээх аҕа көлүөнэ кырдьыктаах дьыалаларын санатан, саҥаттан саҥа кыайыыларга сирдии турдун!

Күндү бэтэрээннэрбит олорон ааспыт олохторун холобурунан биһиги сомоҕолоһон, күүспүтүн холбоон, туруоруммут сорукпутун олоххо киллэриэхпит, сыалбытын ситиһиэхпит, төрөөбүт улууспутун сайыннарыахпыт!

Күндү улууспут олохтоохторо! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу, нус-бааччы уһун олоҕу, ыраас халлааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Үөрэҕирии салалтатын начальнигын э.т.

Толстяков Гаврил Николаевич

Понравилась статья? Поделить с друзьями:
  • Улитка открытки для посткроссинга
  • Улетела спать до завтра открытки
  • Укытучылар коне белэн открытка
  • Украшения на открытку маме
  • Украшения для открытки на прозрачном фоне